5 в наличии
Описание:
Былыргы үйэҕэ өбүгэбит тыйыс дойдуга олорор буолан кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырын таайсара, оҕотугар-уруутугар остуоруйа айан кэпсиирэ, улуу дьонун хорсун быһыытын эбэтэр дьикти-дьиибэ түбэлтэни балаҕантан балаҕаны кэрийэн сэһэн оҥосторо. Онтон ыла норуоппут уус-уран айымньыта уостан уоска түһэн чочуллан, киэргэйэн күн бүгүҥҥэ тиийэн кэлэн саха норуотун туохха да тэҥнэммэт күндү баайа буолар. Бу кинигэҕэ саха фольклорун саамай сүмэтэ таҥыллан киирдэ: үһүйээн, номох, остуоруйа, чабырҕах, алгыс, өс хоһооно, таабырын. Ону сэргэ, QR-коду туһанан В. Исаков толоруутугар «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхо бастакы чааһын истиэххэ сөп.