3 в наличии
Описание:
Хомуурунньук аныгы саха ыалыгар сүбэ-ама, көмө буоллун диэн, төрүт култуура- ны уонна төрүт үөрэҕи чинчийээччилэр үлэлэриттэн таҥыллан оҥоһулунна. Бу кинигэттэн саха дьоно, ыччата олоххо улахан суолталаах уларыйыыларга (уруу, „ оҕолонуу, дьиэ туттуу, о.д.а) туох-ханнык сиэр-туом тутуһуохтааҕын билиэҕэ, өбүгэ үөрүйэҕинэн кэлэр кэмҥэ туох күүтэрин сылыктаан көрөргө, инникини торумнуур- га үерэниэҕэ. Ону таһынан манна эр киһи байанайдаах, дьахтар толору сандалылаах, дьиэ кэргэн чэгиэн-чэбдик буоларыгар, оҕону иитиигэ, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи көрүүгэ-истиигэ быһаччы сүбэлэр киирдилэр. Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр, өбүгэбит үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит үгэстэрэ, олоххо-дьаһахха үөрүйэҕэ, өйүн-санаатын сүмэ- тэ түмүллүбүт хомуурунньуга бүгүҥҥү саха ыалыгар күннэтэ туһанар кинигэнэн буолуоҕа.